«Какое-то большое чувство
Сегодня таяло в душе.
Марина ЦВЕТАЕВА.
Уһун-киэҥ өрөбүлбэр уһуутуу-уһуутуу сытыам дуо, тугу эрэ гыннаҕа буолан туругура сатыахха. Өйбөр туох да көтөн түспэт. Санаам кытары сүрэҕэлдьээбиттии бэтэрээнэн эрэ устаҥныыр. Дьиҥинэн биир дьарыктаах эбиппин. Онтум, дьаакыр буолан, гыныаҕы да гыннарбат, оҥоруоҕу да оҥорторбот быһыылаах. Миэхэ ол сонун дьарык. Кыаллыа эрэ суох – олох бэйэтэ көрдөрүө. Мин үйэм тухары биир киһини кэтэһиэхтээхпин. Үйэм тухары! Аата уһунун, куруһун. Үс күн нэһиилэ ааста, хаҕым эрэ хаалла. Бу муҥ кэриэтин быһа баттаан баран…
Мин да мин, атын дьон суоҕар дылы. Атын дьон, туора дьон бэйэлэрин хахтарын иһинээҕи аан дойдуларыгар хаайтаран сырыттахтара. Биир-биир оротолоон, омооно ойууланан эрэр остуоруйа иһигэр олордуталаан кэбиспит киһи дуу? Кинилэр да өйүнэн айыллыбат таптал муҥутуур муҥун, үлүгэр үөһүн биллиннэр ээ. Таптал… Үөрэн сэгэйбит уоспар харах уута кэлэн иҥнэр. Дьолум сэрэх, хас түгэн бэлэх. Ол эрээри, сүүстэ таптаабыт сүрэх, хайа муҥун, бөҕөх. Эн буолуоҥ дуо, ыра оҥостубут ыраас тапталым, дьолум буолуох дуу, сорбун суоллуох дуу соҕотох доҕорум? Ыйытык ыйанна. Ыраах, ити аата, эмиэ ыҥырда.
Ким үгүс-үгүс үлүһүйүүлэрин үлтүркэйдэрин сөпкө таҥан тапталы айан таһаарар, ким кыранан да сөп буолан таптаабыт саҕа сананар, оттон кимиэхэ эрэ бэлэм таҥыллыбыт таптал бэлэх курдук тиксэр. Ол бэлэҕи кытары дьолу да туттаран ыыппаттар ээ…
Айыыда эмиэ өрөбүлтэн сөп буолбут. Уонна таһырдьа арыый ичигэс, устар күнү быһа дьиэҕэ сууланан олорор сүрэ бэрт. Сынньанар да сылаалаах, эркини өйөөн олорор эри хартыыҥка курдук көрөр салгымтыалаах. Салгын сии таарыйа Айыыда дьүөгэтигэр Маайка эмиэ ыалдьаттыһа барсар буолла. Маайкаҕа саатар эрэ буоллаҕа, күнү өлөрүөххэ наада. Кини эркинин ким да өйөөбөт, өйүөн сөптөөх өтөрүнэн көстүө суох чинчилээх.
Айыыда кинини сэргэхситиэн аһара баҕарар быһыылаах. Олохтон үчүгэйин эрэ үрүмэлээн үһүйээн гынан кэпсиир даҕаны, сөрү-сөпкө олоруу туһунан дойҕохтуур даҕаны – киһитэ истэн эрэ кэбиһэр. Санаата буоллаҕына – атыҥҥа, үчүгэй дьахталлар киэннэриттэн туспа-туора суолга.